ИҺИТИННЭРИИ СУРУК

Саха Өрүспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин министиэристибэтэ, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Олонхону чинчийэр институт, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института, “Чурапчы улууһа” Муниципальнай тэриллии,  Өрүспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциацията тэрийиилэринэн «Олонхо Ыһыаҕа: үйэтитии, түмүктэр, соруктар» Өрүспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ ыҥырабыт.

Кэмпириэнсийэ хайысхалара:

  1. Чурапчы олонхото уонна олонхоһуттара;
  2. Олонхо Ыһыаҕын ыытыы түмүктэрэ, үгэстэрэ, тэрээһинэ;
  3. Уол оҕо, эр киһи оруолун үрдэтии (олонхо угэстэригэр олоҕуран);
  4. Олонхо эйгэтэ: толоруу уонна истии култуурата;
  5. Олонхону эдэр көлүөнэҕэ тириэрдии.

Күнэ-дьыла: 2015 сыл тохсунньу 22 кµнэ.

Буолар сирэ: Чурапчы сэл. «Айылгы» култуура уонна духуобунас киинэ.

Научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыан баҕалаахтар 2015 сыл тохсунньу 9 күнүгэр диэри сайаапкаларгытын  маннык электроннай аадырыска ыыта±ыт: churcultura@mail.ru; centr-olonkho@mail.ru

Сайаапканы толоруу киэбэ:

  • Кыттааччы А.А.А.А.
  • Үлэлиир сирэ, дуоһунаһа
  • Кыттар хайысхата
  • Дакылаатын тиэмэтэ

Кэмпириэнсийэ матырыйаалларынан, Олонхо Ыһыаҕын көрсө, хомуурунньук тахсар, онон ааҕыллыбыт дакылааттары, иһитиннэриилэри, санаалары түмэн маннык аадырыска ыытаргытыгар көрдөһөбүт: churcultura@mail.ru

 

Тэрийэр бөлөх

Яндекс.Метрика
Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять