Инникитин да ситиһиилэр кэлэ турдуннар

2023 сыл алтынньы 16 күнүгэр  Дьокуускай куоракка  Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи XVIII “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уолан ааҕыыларыгар С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыттан икки бөлөх ситиһиилээхтик кыттан, “Умсулҕан” ( 8 кылаас) уонна “Өркөн” ( 10 кылаас) 2-с истиэпэннээх дипломант аатын  дьоһуннаахтык ыллылар.

Финалга сэттэ уол ” Бастыҥ ааҕааччы” аатын ылар иһин куонкуруһугар  Михайлов Андрей (8 кылаас) уонна Степанов Андрей ( 10 кылаас) таҕыстылар. Түмүккэ “Өрөгөй” диэн анал ааты Степанов Андрей (10 кылаас) ылан, муҥутуур кыайыылааҕынан буолла уонна тохсунньу ыйга Ил Дархан оскуола оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы тэрээһинигэр кыттар чиэскэ тигистэ.

Макаров Олег ( 10 кылаас) үөрэххэ,  өрөспүүбүлүкэ, арассыыйа, таһымнаах араас куонкурустарга: успуорка, научнай кэмпириэнсийэлэргэ, уолан ааҕыыларыгар, оҕо хамсааһынын тэрээһинигэр – бастыҥ көрдөрүүтүн , көхтөөх кыттыытын иһин СӨ ыччат министиэристибэтин “Дьулуур” диэн түөскэ анньыллар бэлиэтинэн наҕараадаланна. Оҕолорбутун бу үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит. Инникитин да ситиһиилэр кэлэ турдуннар.

Уолаттар 10 күн устата ” Бэс чагда” оҕо сынньалаҥ  киинигэр сылдьан,   эт-хаан өртүнэн чэбдигирдилэр, доруобуйаларын тупсардылар, элбэх тэрээһиннэргэ:  култуура, ускуустуба диэйэтэллэрин, талааннаах ыччаты, суруйааччылары, артыыстары, ТВ, хаһыат, араадьыйа үлэһиттэрин көрсөн кэпсэтэн, элбэҕи биллилэр- көрдүлэр, сайыннылар.

Гимназия салалтатыгар, учууталларга, төрөппүттэргэ, бу уолан ааҕыыларын тэрийбит салайааччы Д.П. Коркин аатынан Чурапчы өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир орто оскуола-интэринээт саха тылын учуутала Акулина Николаевна Кузьминаҕа, бэйэбит салайааччыбыт Фекла Николаевна Болдовскаяҕа, Яна Николаевна Иванова дириэктэрдээх “Бэс чагда” оҕо сынньалаҥ киинин үлэһиттэригэр  барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Яндекс.Метрика
Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять