Уруй-Айаал “Бэс чагдаҕа”

Бэгэһээ,  ол эбэтэр сэтинньи алтыс күнүгэр, «Сосновай борга» Айаал Адамов, ордук  Уруй-Айаал диэн псевдонимынан биллэр эдэр эрчимнээх саҥа аатын ааттатан эрэр эдэркээн уол ыалдьыттаата. Биһиги ыйытыыбытыгар сиһилии, тугу даҕаны кистээбэккэ, соһуйбакка хоруйун биэрдэ.

IMG_2804IMG_2807IMG_2808IMG_2811

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биллибэт – костүбэт, ончу саҥата – иҥэтэ суох оҕо буоларын сөҕө – аймана иһиттибит. Бу ааспыт сайын, «ZLOI MAMBET» диэн клип-пародия устан Саха Сирэ бүтүннүүтэ көрөн бу аҕыйах кэм иһигэр олус биллиилээх буолла. Клип хайдах, ханна уһуллубутун туһунан аһара бэрт интэриэһинэйдик  кэпсээтэ, кылгастык сырдаттахха 3 күн устата (сүрдээх кылгас  дии саныыбыт) Нам улууһун Хамаҕатта дэриэбинэҕэ уһуллубут . Клибын сыаналыы илик дьоҥҥо Айаал өссө “+100500” диэн комическай передачатынан биллэр. Чугастааҕы былаан быһыытынан илдьэ сылдьар санаатынан үллэстэ, бу сотору кэмҥэ өссө биир клип күн сирин көрүө диэн эрэннэрэр.

Сүрдээх интэриэһинэй, биллиилээх киһини кытары билсэн – көрсөн  олус  үөрдүбүт. Инник курдук «Сосновый бор» элбэхтэн элбэх толуу-мааны дьону көрсөн сайда, тупса, чэчирии турун!

                                                                                                                                                                                                                                           Сандаара Федулова, Карина Неустроева

Яндекс.Метрика
Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять